Валерия Петрова(?)/Alizee/Mylene Farmer
Син биир таптыыбын
Ну как песня, понравилась? Поделись с друзьями!
Текст песни "Валерия Петрова(?)/Alizee/Mylene Farmer — Син биир таптыыбын"
Саха тыла. Рус.: "Всё равно люблю"
Одуулуу көрөбүн, сайыһа хаалабын
Аахайбаккын эн миигин
Суол устун көрбөккө хааман иһэҕин
Сэрэйбэккин эн ону
Төһө күүскэ мин таптыырбын эйигин
Син биир таптыыбын
Эйигин эрэ сулуһум
Син биир саныыбын
Төһө да ыраах буолларгын
Син биир таптыыбын мин
Эйигин эрэ доҕоруом
Син биир саныыбын мин
Ыраах да буол
Ырааттыҥ эн миигиттэн
Хайдах буолуохпун билбэккэ турабын
Өссө көрсүһэр күҥҥэ
Кэтэһэ саныыбын, долгуйа күүтэбин
Күммүн ааҕабын куруук
Хаһан көрсөрбүн эрэнэ күүтэбин
Мин соҕотох тапталым
Умнуом суоҕа мин эйигин хаһан да
Син биир таптыыбын
Эйигин эрэ сулуһум
Син биир саныыбын
Төһө да ыраах буолларгын
Син биир таптыыбын мин
Эйигин эрэ доҕоруом
Син биир саныыбын мин
Ыраах да буол {2x}
Сулустар билэллэр эйигин таптыырбын (2х)
Син биир таптыыбын
Эйигин эрэ сулуһум
Син биир саныыбын
Төһө да ыраах буолларгын
Син биир таптыыбын мин
Эйигин эрэ доҕоруом
Син биир саныыбын мин
Ыраах да буол {3x}
Скачать Валерия Петрова(?)/Alizee/Mylene Farmer - Син биир таптыыбын №49233801
Информация
Похожие песни не найдены.