Саарын Үрүн туллук

Исполнитель: Саарын Длительность: 03:53 Размер: 3.56 МБ Качество: 128 kbit/sec Формат: mp3
Ну как песня, понравилась? Поделись с друзьями!

Текст песни "Саарын — Үрүн туллук"

Анемподист Софронов тыллара

Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр,
Маҥан туллук эрэ далластыыр,
Ыраастыыра эрэ мөлбөрдүүр,
Доҕойумалыыр эрэ доҕоруом!

Ылбаҕайдыыр эрэ чыычааҕыам,
Туохха баҕас эрэ туора көрөн,
Туоххаһыйар эрэ буоллуҥ дуо,
Туллуктуур эрэ доҕоруом!

Туналыйар эрэ ньуурдааҕыам,
Туттаҕардыыр эрэ бэйэлээҕиэм,
Кыталыктыыр эрэ кыылларга
Кытарахтыы эрэ саныыбын!

Күлүмүрдэс эрэ дьүһүҥҥүн,
Күлүмнээн эрэ көрөргүн
Күннээҕэр эрэ күндүтүк
Көрөбүн эрэ, көмүһүөм!

Томтоҕоркоон эрэ түөстэргин
Толорутук эрэ кутуллубут
Чороонноох эрэ кымыска
Доҕуйабын эрэ, доҕоруом!

Сайаҕастай эрэ санааҕын
Санаабынан эрэ салгытар
Санаакайым эрэ суохуйа,
Саргылаах эрэ саһарҕаам!

Еще песни Саарын

0:00 0:00

Заголовок проигрывателя Подзаголовок проигрывателя

(режим воспроизведения)